» 
 » 
Saas Ustar



Jeada - Saas Ustar - Текст песни

Хайдах да сырыт - син биир саас устар.
эн кэллин бу сиргэ, хантан кэллин?
тугу гына кэллин, тугу көрдүүгүн?
тоҕо бааргыный эн? тугунан тыынаҕын?
кэпсээ миэхэ, кэпсээ...

Мин сүрэхпэр эрэл уонна тыллар.
Кинилэр уйулҕабын аймаан долгуталлар.
Бу хайа диэки устар олоҕуй, оҕолоор?
Тоҕо оһоллор букатын тохтооботтор?

Ким да билбэт, манна ким да тугу да билбэт.
Олох/остуоруйа-ҕа саһан сытара эппиэт.
Арай хараҥа түүн тугу эрэ санатар,
Ол эрэн хараҥаҕа көстүбэттэр уоттар.

Ким эрэ сатаан өйдөөбөт: "бу тоҕо эн
Долгутаҕын сүрэхтэри дьикти кэпсээннэринэн?"
Бэйэм да билбэппин тоҕо кэпсиирбин.
Арааһата, мин төбөм кыратык иирбит.

Тылынан көтүөххэ сөп халлаанынан,
Бэл, сорохтор тылынан сир түгэҕин булаллар.
Эппитин эттэнэн улаатар уонна кэҥиир,
Бу ыарыыга тэҥнээх - кэми кытта бэргиир.

Эмтэнэр ньыма суох, онно сытар кистэлэҥ.
"Аа-дьуо айанныырга бэлэмнэн!"
Санаа-оноо, сынньатан кыратык тохтоо.
Төһө да сааһырдар, киһи - кыратык оҕо.

Тугу эрэ суруйдум, онтукам бу баар;
Бу тылга ааспыт ахтылҕаным хатыыланар.
Өрүү маннык халлаан, өрүү маннык сулустар...
Хайдах да сырыт - син биир саас устар.

Хос ырыата:

Ким да истэ илик тылларынан
Уһугуннар эн дьикти иэйиилэри.
Сарсыарданан-түүнүнэн саас устар,
Мантан барбыт аны эргийбэтин.

II куплет:

Мин мэйиибэр түгэҕэр тиийбэппин,
Туох соруктаах манна кэлбиппин билбэппин,
Уон алта сааспар курдук аймаммаппын.
"Барыта этэҥҥэ..." - истиэххэ хайдаҕый?

"Далаһа устун уҥуор туоруур суол бу баар"...
Ити тыллар саныа суохпун санаталлар.
Саас устар, элбэҕи эргиппэккин,
Сороҕун эргитиэххин мэһэйдиир түөрт эркин.

Элбэҕи эттим, ол эрэн суолта биир:
Бу биһиги олохпут, барыта эргиир.
Ким-тугу ирдиир? Ким-тугу этэ сатыырый?
Күһүн син биир аҕалыа тымныы самыыры.

Эн эмиэ күһүнү кытта көтүөн,
Дьон сурэҕэр сөҥүө өйдөбүл үтүө.
Эн киһи буолбатаххын, эн - тылгын,
Эн - салгыҥҥын, эн - тымныы тыалгын...

Аҕалыый миэхэ кырдьыгы уонна билиини,
Ити барыта эйиэхэ баар ини?
Харахпар көстөн аас саатар биирдэ,
Эн дьүһүҥҥүн мин дьоҥҥо тиэрдиэм этэ.

Тугу эрэ суруйдум, онтукам бу баар;
Бу тылга ааспыт ахтылҕаным салҕанар.
Өрүү маннык халлаан, өрүү маннык сулустар...
Хайдах да сырыт - саас устар.
https://primoaccordo.net/jeada/saas-ustar.htm