» 
 » 
Итэ5эйимэн миэхэ



Jeada - Итэ5эйимэн миэхэ - Текст песни

Итэҕэйимэҥ миэхэ, эрэнимэҥ, мин оннук киһи буолбатахпын, 
Мин харахпын саптым, аны инним диэки кимниин хардыылыбын? 
Хайдах олохпун мин салгыыбын? 
Таптыыбын диигин даҕаны, син биир эрэммэккин 
Хайдах иккиэн эн биһикки аны өйдөһөбүт 
Миэхэ итэҕэйбэт бүтүн дойду, айыы күнүм сыҕарыйда 
Соҕотохсуйан баран кимиэхэ да биллэрбэккэ ытыаҕым 
Ким да истибэтигэр ыллыаҕым, 
Чуумпуга мин олорон толоробун, 
Хомолтобун кубулутабын бу тылларга, 
Ол салгыы кубулуйар быылга, 
Тылга сүгүрүйэр күүһүм көмөлөһөр да 
Төһөнөн өр оччонон элбэҕи миэхэ өлөрөллөр таптыыры 
Өрүү миигин өйдүүллэр, эрэнимэҥ миэхэ, 
Хайа баҕарар киһи тапталы бэлэхтиэҕэ 
Арай мин эрэ төттөрүтүн диэҕим, итэҕэли сутэриэҕим 
Элбэҕи күүппүтүм... 
Ситиэн бүппүтэ үтүөн... 
Миигиттэн кэлэйэллэр түгэннэригэр үөрэнним 
Бэйэм эрэнэр дьонум ахсаана аны аччаата 
Бачча элбэх тылы этэн баран 
Сатаан санаабын эппэтим 
Ол аата мин тылым сымсата суох эбит 
Биир эмит киьи миигин өйдөөн илиитин уунуо дуо? 
Ыарахан түгэҥҥэ миигин кытта тэҥҥэ этэҥҥэ 
Олох устун бииргэ биир киһи кэриэтэ 
"Саарбахтыыбын..."- ити мин сүрэҕим эппиэтэ 
Эн эппитиҥ миэхэ: "Эрэнэбин эйиэхэ! 
Саха уола, эрэлгин таҥнарыма, 
Таллыҥ бу суолу, аны хайдах хардыыны да оҥор 
Сатаан санаабаппын, билигин умнуҥ бары мин ааппын! 
Таах сибиэ мин саҕалаабыппын 
Аны салҕаабаппын, сатаабаппын да диэбэппин эрээри 
Музыка миигин өлөрөр бытааннык 
Киниттэн сылтаан сүтэр миэхэ итэҕэл, эрэл, таптал...
https://primoaccordo.net/jeada/ite5eiimen-miexe.htm